Тохсунньу 14 күнүгэр ийэлэр түмсүүлэрэ мустан Эргэ саҥа дьылы атаардылар.Бэһиэлэй оонньуулары оонньоон,таабырын таайсан, саҥа дьыл бэлиэтин декупаж оҥорон маастар кылаас буолла. Маастар кылааһы эдэр ийэ, уһуйаан иитээччитэ Демьянова Светлана Михайловна наһаа үчүгэйдик быһааран, хайдах оҥоһулларын көрдөрөн биэрэн,бары биирдии бэйэбит тутан хабан бу сыл бэлиэтин Моҕойу оҥордубут. Светлана Михайловна бэйэтин баҕа өттүнэн маннык маастар кылааһы элбэхтик […]
Афиша событий и мероприятий
Свежие новости
Тохсунньу — сыл бастакы ыйа, кыһын оройо, тымныы өрегөйө. Ый саҕаланыытыгар, үгэс курдук, күнү уһатардыы былытырар үгэстээх. Тохсунньуга тоҥсоҕой маһы тору-латар, тураҕас сылгы күн уотугар туорайдыыр диэччилэр.Күнү-дьылы билгэлээччилэр тохсунньу ыйы от ыйыгар сөп түбэһиннэрэллэр. Тохсунньуга тымныйдаҕына, от ыйыгар кураан буолар. Оттон хаардаах, былыттаах буоллаҕына, ардахтаах ыйы күүтэллэр. Былыргы сахалар ый үргэли кытта алтыһыытын кэтээн көрөөччүлэр. Үчүгэй […]
Саҥа дьылы (сылы) көрсүү үгэһэ сахаларга хойут киирбитин биллэрбит, син биир норуот бэйэтэ айбыт үгэстэрин тутуһарга дьулуһабыт. Ол ханнык үгэстэрий?Дьиэбитин ыраастыаҕыҥ — бу ааһан эрэр сылбыт чорбохтоох сыл (високоснай). Онон суунар -тараанар, ыраастанар хайаан даҕаны ирдэнэр курдук. Саҥа сылы көрсө дьиэбитин сууйарбыт,өрө тардарбыт таһынан, хаһаайкалар араас ньыманан ыраастыыр угэстээхтэр. Маныаха биир саамай киэҥник туһаныллар ньыманан […]
Бүгүн библиотекаҕа 2 кылаас үөрэнээччилэрэ кэлэн ыалдьыттаан бардылар. Саҥа кэлбит кинигэлэри билиһиннэрэн, оҕолор сонурҕаан хас биирдии кинигэни ылан көрөн, ким төһө элбэҕи ааҕарын ааҕан иһитиннэрдилэр. Ордук сөбүлээн энциклопедиялары көрдулэр.Сөбүлээбит кинигэлэрин уларсан бардылар.
Доосо айымньылара аныгы ааҕааччыларга улахан дьайыыны оҥорор кыахтааҕын туһунан литературнай кириитик, суруйааччы Д.В. Кириллин: “Саха сирин билиҥҥи көлүөнэ суруйааччыларыттан, айар үлэҕэ киэҥ биһирэбили ылбытынан поэт,прозаик, публицист, литературнай критик уонна чинчийээччи, биллэр общественнай деятель Иван Егорович Федосеев буолара. Кини аатын саха ааҕааччылара, саха норуота бүттүүнэ хаһан да умнуо суоҕа”, – диэн бэйэтин ахтыытыгар түмүк оҥорбута сөптөөх. […]
❄️ Ахсынньы 19 күнэ — кыһыҥҥы Ньукуолун. Православнай итэҕэлгэ Николай Чудотворец күнүн ити итэҕэли ылыммыт саха дьоно эмиэ олус суолталыыллара.❄️ Бу күн ыраас халлаан турдаҕына, тымныйар, арҕааттан тыалырдаҕына, сылыйар биитэр хаар түһэр, кырыаланнаҕына быйаҥнаах сайын кэлэр, сииктээх буоллаҕына ардахтаах күһүн буолар диэн билгэлииллэрэ. Ньукуолун күн күүстээх үлэни толоруллубат, аһара күүрүллүбэт, кими да куһаҕан тылынан саҥарыллыбат. […]
Саха национальнай «Айар»кинигэ кыһата бу сылга араас үчүгэй саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэлэринэн хааччыйа олорор.Ол курдук нэһилиэк олохтоох библиотекатыгар саҥа кинигэлэр кэллилэр. Киэҥ ис хоһоонноох, киһини умсугутар,араас быһылааннаах кэпсээннэр,оҕолорго аналлаах оҕо кэпсээннэрэ, остуол оонньууларын, кэлэн, көруҥ,сэргээн,уларсан ааҕын!
«Чурапчы литературнай түмсүү,олохтоох ааптардар Саҥа Дьыл туһунан алгыстаах хоһооннорун аа5ыҥ,сэргээҥ!https://churlib.saha.muzkult.ru/khohoonnor
Ахсынньы 17 күнүгэр А.А.Саввин аатынан история уонна этнография музейыгар көҥүл тустууга ССРС спордун маастара,Российскай Федерация физическай культуратын уонна спордун туйгуна, Саха АССР физическай культуратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын спортивнай Албан Аат түмэлин салайааччыта, спорду көҕүлээччи уонна тэрийээччи, коллекционер Михаил Егорович Друзьянов 75 сааһыгар анаммыт » Оло5ум умсул5ана» баай коллекцитяын […]
Нэһилиэкпит талааннаах, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдарынан бэйэлэрин олохторугар үтүө суоллары хаалларбыт дьоннорбутугар, кинилэр ааттарын үйэтитиигэ анаммыт, оскуолабытыгар кылаас чаастарын ыытарга сүбэлэһэн, бэҕэһээ ахсынньы 16 кунүгэр 10 кылаас оҕолоругар «чабыр5ахсыт, хоһоонньут, уус тарбахтаах иистэнньэн Бакаа Маайа- Данилова Мария Уистиновна» -туһунан кылаас чааһын ыыттыбыт. Саха тылын кабинетыгар Бакаа Маайа тикпит чаппарааҕын туруоран, киэҥ ис хоһоонноох , тиэмэлээх кылас […]