Муус устар 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ
Муусустар 27 кунугэр Саха сирэ биирсүрүн государственнай бырааһынньыгын — Республика күнүн бэлиэтиир. 1922 сыллаахха бу күн Саха автономиятын тэрийэр туһунан декретка илии баттаммыта. Онтон 70 сыл ааспытын кэннэ бу күн сайдыы суолун саҥа кирбиитигэр киирбиппитин туоһулаан Саха Республикатын Конституцията ылыныллыбыта. Бу саха омугар улахан ситиһии, саҥа сайдыыга төһүү күүс буолбута. Маны ситиһэргэ саха чулуу уолаттара Алексей Кулаковскай, Василий Никифоров, Гавриил Ксенофонтов, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов уонна да атыттар кылааттара сүҥкэн.