Саха кыһына саҕаламмытынан!
❄️ Ахсынньы 19 күнэ — кыһыҥҥы Ньукуолун. Православнай итэҕэлгэ Николай Чудотворец күнүн ити итэҕэли ылыммыт саха дьоно эмиэ олус суолталыыллара.
❄️ Бу күн ыраас халлаан турдаҕына, тымныйар, арҕааттан тыалырдаҕына, сылыйар биитэр хаар түһэр, кырыаланнаҕына быйаҥнаах сайын кэлэр, сииктээх буоллаҕына ардахтаах күһүн буолар диэн билгэлииллэрэ. Ньукуолун күн күүстээх үлэни толоруллубат, аһара күүрүллүбэт, кими да куһаҕан тылынан саҥарыллыбат. Бэйэ бодотун көрүнэн, сиэрдээхтик,көрсүөтүк сылдьыллар. Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа кэргэн кэпсэтэр табыгастаах эбит. Былыр бу күн анаан-минээн кэргэн кэпсэтэллэрэ, уруу тэрийэллэрэ. Бэлиэ күн ыал буолбут дьон уһуннук уонна дьоллоохтук олороллоро. Ньукуолуҥҥа баай-талым остуолу тардан чугас дьоннорун ыҥыраллара. Ыалдьыт хайаан да илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолаллара. Былыр бу күнү көтүппэккэ бэлэтииллэрэ. Сэмэй остуол тартарар, халлааны кэтиир-маныыр саха кырдьаҕастарын сорох дьон өйдүүр буолуохтаах.