Саҥа сылы сөпкө көрсүөххэ.-тэттик субэлэр
Саҥа дьылы (сылы) көрсүү үгэһэ сахаларга хойут киирбитин биллэрбит, син биир норуот бэйэтэ айбыт үгэстэрин тутуһарга дьулуһабыт. Ол ханнык үгэстэрий?Дьиэбитин ыраастыаҕыҥ — бу ааһан эрэр сылбыт чорбохтоох сыл (високоснай). Онон суунар -тараанар, ыраастанар хайаан даҕаны ирдэнэр курдук. Саҥа сылы көрсө дьиэбитин сууйарбыт,өрө тардарбыт таһынан, хаһаайкалар араас ньыманан ыраастыыр угэстээхтэр. Маныаха биир саамай киэҥник туһаныллар ньыманан туус буолар. Дьиэ сууйар ууга туус куттахха, дьиэҕэ мунньуллубут туох баар куһаҕаны, кири-хаҕы бэйэтигэр иҥэринэн илдьэ барар диэн этэллэр. Тууһу туһанарга болҕомтону муннуктарга, киһи илиитэ дэбигис тиийбэт сирдэригэр уурар ордук. Дьиэни -уоту айылҕа бэйэтэ биэрбит үүнээйилэрин буруолатан, сыт таһааран ыраастыыр угэстээхтэр. Маныаха кытыаны,боҕуруоскай оту,кыа угун,сугун абаҕатын туһаныахха сөп. Саҥа дьыллааҕы бит -билгэ бэйэтэ туспа угэстээх, биттээх- билгэлээх . Сорох дьон маны туолар диэн ааттыыллар. Итэҕэйбэт дьон аахайбакка ааһар, ылынааччы-ылынар. Өскөтүн Саҥа дьыл үүммүт түүнүгэр таһырдьа бастакынан көрсүбүт киһигит эбэтэр бастакы ыалдьыккыт эр киһи буоллаҕына -дьол күүтэр. Суолга ыты көрүстэххитинэ -тус олоххут табыллар. Саҥа сыл үүнэр түүнүгэр түннүккүтүн тэлэччи аһан үүммүт сыл дьолун дьиэҕитигэр киллэриҥ. Алхас тууһу тоҕуу-дьолго. Куһаҕан тыын киирэриттэн харыстаан тохтор диэн этэллэр. Тохсунньу 1 күнүгэр күнүскэ диэри дьиэҕититтэн бөҕү таһаарымаҥ, дьолгут тахсыһан хаалыан сөп дииллэр. Өскөтүн харыйа оонньуура алдьаннаҕына хомуйан ылан баран кытаанах кумааҕыга эбэтэр таҥаска суулааҥ итиэннэ тохсунньу 1 күнүгэр көмөн кэбиһиҥ.