Муниципальное казенное учреждение культуры

Арылахская библиотека

678691, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Арылах, ул. Комсомольская, 17

«Ким да умнуллубат,туох да умнуллубат»-Улуу Кыайыы 79 сылыгар анаммыт тэрээһиннэртэн сонуннар.

Аҕа дойду Улуу сэриитэ киһи аймах устуоруйатыгар саамай улахан хаан тохтуулаах сэриини өргөйдөөхтүк тумуктээбит Ытык күн быһыытынан биһиги дойдубутугар үйэлэргэ бэлиэтэнэ туруоҕа. Улуу Кыайыы 79 сылыгар анаммыт элбэх тэрээһиннэр ыытыллыннылар.Ол курдук араас акциялар «Георгиевскэй лента»,» Кыайыы түннүгэ»,»Свеча памяти»буоллуллар. Биьиги «Кыайыы түннүгэ», «Стена памяти» кыттыыны ыллыбыт. «Стена памяти» — нэһилиэкпит бэтэрээннэригэр анаммыт стендэҕэ оскуолабыт үөрэнээччилэрэ Ильмень күөлгэ поисковай этэрээт оҕолоро раскопкаҕа бара сылдьан аҕалбыт экспонаттарын туруоран дьон сэҥээриитин ылла. Манна снаряд гильзэтэ, саллааттар тутта сылдьыбыт маллара, бойобуой лаппаахы,иьиттэрэ, ньуоскалар, каска, о.д.а. маллары уурдулар.Поисковай этэрээт туһунан сырдатар буоллахха 2020 сыллаахтан оскуолабыт директора Владислав Романович Скрябин көҕүлээһининэн оскуола иһинэн» Школа молодого поисковика» хамсааһын чэрчитинэн поисковай этэрээт тэриллибитэ. Маны Чурапчы үөрэх салаата өйөөн палатканан,шатерынан,рюкзактарынан,спальнай мөһөөччүктэринэн,туттар тэриллэринэн хааччыйбыта. 2023 сылга Новгородовскай уобалас Старая Русса куораттан АНО «Медведь»поисковай этэрээт салайааччыта Тума Игорь Григорьевич Арыылаах оскуолатыгар кэлэн уонча хонукка теория, практика ньымаларыгар үөрэтэн барбыта. Бу сыл балаҕан ыйын 11-23 күнүгэр диэри Арыылаах оскуолатыттан ОБЖ учуутала Дагаднча Сергей Григорьевич салайааччылаах төрдүө буолан завхоз Янцен Андрей Андреевич, 9 кылаастан Попов Ваня, Янцен Эрвин 7 кылаас — Новгородовскай уобалас Старая Русса куоракка 19-с хайыһар биригээдэтэ Ильмень күөлгэ хорсуннук сэриилэспит сирдэригэр тиийэн, онтон 70км ыраах Новые Дегтяри диэн сиргэ тиийэн ,онно базаланан итинтэн 2км ыраах сиргэ сис ортотугар сэрии саҕана санрота олорон сэриилэспит сирдэригэр тиийэн, поисковай үлэлэрин саҕалаабыттара. Үһүс күннэриттэн байыастар уҥуохтара,сэрии сэптэрэ,туттар тэриллэрэ көстөн мунньуллан испитэ. Бу 11 хонук устата 62 байыас уҥуоҕун булбуттар. Пинаевы Горы диэн дэриэбинэҕэ байыастар уҥуохтарын кистиир кладбищеҕа уопсай көмүү буолуор дылы хаалларбыттар.Бу поисковай улэҕэ сылдьан ас астыыртан саҕалаан элбэххэ үөрэннибит,биллибит,көрдүбүт дииллэр оҕолор.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *