«Чурапчы улууһун олоҥхоһуттара»
Сэтинньи 25 кунугэр Олонхо декадатын чэрчитинэн И.Г.Тимофеев-Теплоухов 155, В.Ф.Ермолаева 95 саастарыгар анаммыт улуустаа5ы олоҥхо аа5ыыларын научнай-практическай кэмпириэнсийэ Е.А.Борисов аатынан улуустаа5ы кииннэммит библиотека5а буолан ааста. Икки секциянан о5олор, улахан дьоннор дакылаат аа5ыытыгар кытыннылар. Бу кэмпириэнсийэ5э Т.М.Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Попов Иван » Аал-Кудук мас дьүһүлгэнин суолтата» дакылаатынан кыттан,2-с истипиэннээх дипломунан на5араадаланна. Салайааччыта Сивцева Юлия Семеновна фольклор учуутала.