«Бакаа Маайа-чабырҕахсыт,мындыр иистэнньэҥ,норуоттан тахсыбыт талаан!»
Нэһилиэкпит талааннаах, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдарынан бэйэлэрин олохторугар үтүө суоллары хаалларбыт дьоннорбутугар, кинилэр ааттарын үйэтитиигэ анаммыт, оскуолабытыгар кылаас чаастарын ыытарга сүбэлэһэн, бэҕэһээ ахсынньы 16 кунүгэр 10 кылаас оҕолоругар «чабыр5ахсыт, хоһоонньут, уус тарбахтаах иистэнньэн Бакаа Маайа- Данилова Мария Уистиновна» -туһунан кылаас чааһын ыыттыбыт. Саха тылын кабинетыгар Бакаа Маайа тикпит чаппарааҕын туруоран, киэҥ ис хоһоонноох , тиэмэлээх кылас чааһа буолла. Саха тылын учуутала Андросова Татьяна Егоровна киирии тылынан саҕалаан, олохтоох библиотекарь Попова В.М. Бакаа Маайа олоҕун биографиятын билиһиннэрэн, оскуола библиотекара Троева Татьяна Ивановна кини иистэнэр талаанын, чабырҕаҕын туһунан кэпсээтэ. Оҕолор тикпит чаппарааҕын, оҥоһуктарын сүрдээҕин диэн сөҕөн көрдулэр, иһиттилэр. Бакаа Маайа туһунан элбэҕи биллилэр. Маннык хабааннаах кылаас чаастара, бэсиэдэлэр өссө да инникитин ыытыллан, нэһилиэкпит дьоҕурдаах, айар тутар дьоммут туһунан үйэтитии үлэтигэр биир сүрүн төһүү күүс буолуо этэ.