Муниципальное казенное учреждение культуры

Арылахская библиотека

678691, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Арылах, ул. Комсомольская, 17

Тохсунньу- Таҥха Хаан Айыы ыйа.Онтон 2025 сыл -Иэйиэхсит ийэ Хотун сыла.

Тохсунньу — сыл бастакы ыйа, кыһын оройо, тымныы өрегөйө. Ый саҕаланыытыгар, үгэс курдук, күнү уһатардыы былытырар үгэстээх. Тохсунньуга тоҥсоҕой маһы тору-латар, тураҕас сылгы күн уотугар туорайдыыр диэччилэр.Күнү-дьылы билгэлээччилэр тохсунньу ыйы от ыйыгар сөп түбэһиннэрэллэр. Тохсунньуга тымныйдаҕына, от ыйыгар кураан буолар. Оттон хаардаах, былыттаах буоллаҕына, ардахтаах ыйы күүтэллэр. Былыргы сахалар ый үргэли кытта алтыһыытын кэтээн көрөөччүлэр. Үчүгэй дьыл буоларыгар алтынньы 14, сэтинньи 12, ахсынньы 11, тохсунньу 9, олунньу 7, кулун тутар 4, ыам ыйын 1 күннэригэр алтыһар. Оттон кураан дьыл кэлэригэр хойутаан алтыһар. Ороһуоспаҕа (Сибээккэҕэ), былыргы итэҕэл этэринэн, сүллүүкүттэр оһох оттооччулара тахсаллар. Бу кэмтэн Кириһиэнньэҕэ диэри тымныйар. Сүллүүкүттэр оҕолоохторо эргэ Саҥа дьылга (Баһылайапка) тахсаллар. Сүллүүкүн таҕыстаҕына бит-билгэ дэлэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, биттэммит бит олоххо киирэр диэн этэллэр.

Тохсунньу ый күнүн-дьылын билгэтэ— Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сөрүүн буолар. Сылаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйа от ыйы батыһар. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүнү күүтэллэр. Тохсунньу ый бастакы күнүгэр чолбон сулустардыын атахтастаҕына, тыаллаах күн буолар. Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр. Ый бүтүүтэ сис былыт кэллэҕинэ, хаар түстэҕинэ, тымныы уҕарыыр. Ой дуораана түстэҕинэ, тымныы сатыылыыр, оттон ой дуораана сүттэҕинэ — намырыыр. Мастар халыҥ хаары сүгэһэрдэннэхтэринэ, халаан уута кэлэр. Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *