Ахсынньы ый – Билгэ хаан айыы ыйа
Ахсынньы саамай хараҥа, тымныы, сыл бүтэһик ыйа. Билгэ Хаан Айыы ыйа – Бүтэй кэм. Ахсынньы ыйы – Бэс ыйа батыһар.
Бу ыйга Үрдүк Айыылартан биирдэстэрэ Билгэ Хаан чугаһыыр. Кини кэлбит бэлиэтинэн чаҕаан диэн кыл тэрил тыаһа буолар. Сүрүн болҕомто билиигэ ууруллар. Ити иһин өйү күүһүрдэр туом оҥоһуллар. Туомҥа Сээркээн Сэһэн суолтата улахан. Кини аата-ахсана биллибэт остуоруйалаах, чабырҕахтаах, таабырыннаах.
Кини итини таһынан күнү-дьылы билгэлиир, үтүө сүбэлэри биэрэр. Өйү эрэйэр, сатабылы сайыннарар хабылык, тыксаан, дуобат курдук оонньуулардаах. Сээркээн сэһэн аам-даам тымныылаах ахсынньы ыйга биһиэхэ күүлэйдии кэлэр. Ахсынньы — саамай тымныы, хараҥа ый сыл, бүтэһик ыйын сахалар Билгэ Хаан ыйа диэн ааттыыллар.Бу ыйы бүтэй кэм,айылҕа бүтүннүү утуйар,сулустар сипсиһэр кэмнэрэ.



