МБУ "Чурапчинская межпоселенческая централизованная библиотечная система"

Арылахская библиотека

678691, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Арылах, ул. Комсомольская, 17

Алтынньы 9 күнэ -Аан дойдутааҕы почта сибээһин үлэһиттэрин күннэрэ.

Арыылаахха сибээс отделенията аһыллыан иннинэ,ааспыт уйэ 60-нус сылларыгар почтальоннарынан Безменов Николай Федотович,Каженкин Иван Дмитриевич үлэлээбиттэрэ биллэр. Кытаана5ы кытта биир почтовай отделения буолан онтон баран хаһыаты, сурунаалы, пенсияны аҕалан түҥэтэллэрэ. Сыарҕалаах атынан сылдьалллара. 1971 сыллаахтан Каженкин Василий Иванович почтальонунан үлэлээбитэ. Почтаны рейсовай автобуһунан, таһаҕас массыыналарынан , суол алдьанныҕына тыраахтарынан а5алара. Маны таһынан тэрилтэ улэһиттэрин хамнастарын, пенсияны,босуобуйаны а5алан түҥэтэрэ. Дьон ол кэмҥэ араас элбэх хаһыаттары,сурунааллары дэлэйдик суруттаран ааҕаллара. 1983 сылтан туспа нэһилиэк буолан почта аһыллан үлэлээбитэ. Бастакы начальнигынан Данилова Анастасия Ивановна үлэлээбитэ. Почтаны Чурапчыттан анал массыына таһар буолбута. Сибээс отделениета оҥорор өҥөтө кэҥээбитэ. 1992-2002с.диэри почта начальнигынан Попова Татьяна Андреевна улэлээбитэ. Араас кэмҥэ почта5а улэлээн ааспыттара Барашкова Анна Дмитриевна, Портнягина Анна Николаевна, Демьянова Надежда Васильевна, Троева Татьяна Ивановна. Үтүө дьыаланан 2005 сыллаахха анал почта дьиэтэ тутуллан нэһилиэнньэ үөрүүтэ улахан этэ. Сибээс өҥөтө нэһилиэнньэҕэ наадалаах тэрилтэ. Билигин сибээс өҥөтө төһө да сайыннар хаһыат, сурунаал, посылка хаһан да тохтообот, бу өҥөнөн дьон туһанара олохпут ирдэбилэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *