Саха норуотун барҕа баайа -Олоҥхо


Олоҥхо — саха уус-уран айымньыта. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Олоҥхоhуттар араас айымньылары холбоон уhун олоҥхолору айаллара. Үгүс олоҥхо 10–15 тыh. хоhоон устуруокаларыттан турар эбит. Бөдөҥ олоҥхолор 20 тыh. тахса буолаллар үһү. Хас биирдии кэпсэнэр герой туспа куолаhынан ылланар. Сорох олоҥхолор хас да күн ылланаллар үһү. Ордук биллиилээх олоҥхо буолар Дьурулуйар Ньургун Боотур. 2005 с. олоҥхо Юнеско киhи аймах тыл баайын-дуолун аан дойдутааҕы тиhигигэр киирбитэ. Сылын аайы Олоҥхо декадата биллэриллэн сэтинньи 25 кунугэр анаммыт олоҥхо дьыктаана ыытыллар,араас тэрээһиннэр буолаллар.


